Ыарахан улэттэн ча5ыйбакка Бу сир урдугэр киhи тереен баран утуену куруук оноро, кыаммакка, кырдьа5аска кыах баарынан кемелеhе сылдьыахтаах. Маннык ейдеех - санаалаах эдэр ыччат, саха саарыннара, Эбээх беhуелэгин эдэр ыччатын куустээх анара утуену, кемену, онорор сыаллаах бэтэрээннэрбитигэр сэтинньи 12 кунугэр муус ыла бардылар, бу кимнээхтэрий?: Эбээх эдэр ыччатын актыыбын улэ5э хамнаска сектордара: 1. Слепцов Дмитрий Андреевич; 2. Третьяков Родион Михайлович; 3. Корякин Валентин Валентинович; Нэhилиэк ча5ылхай ыччаттара: 4. Богатырев Василий Иванович; 5. Жирков Виктор Анатольевич; 6. Бережнов Борис Алексеевич; 7. Макаров Евгений Александрович; 8. Тырылгин Егор Егорович; 9. Васильев Аркадий Алексеевич; 10. Жирков Герман Николаевич; Дьэ, бу кун, эбиэт кэннэ 2 чаастан кулууп дьиэтин иннигэр мустан, бурааннарга олорон, муус ылыахтаах куелбутугэр тиийдибит. Улэлии - хамсана уерэхтээх уолаттар сонно тута буолуохтаа5ын курдук ким хаар курдьээhинигэр, ким муус алларыытыгар арахсан, этиттэриитэ суох улэ урдугэр. Сотору буолбата бастакы муус ойон тахсыбытыгар уолаттар «Ураа!» хаhыынан ессе эрчимнээхтик хамсанан киэhэ 9 са5ана номнуо харанарбытын кэннэ, мууспутун аа5ан кербуппут 100-тэн тахсыбыта быданнаабыт этэ.Ессе да улэлиэх дьону харана тохтотто. Бэлиэтээн эттэххэ били 15 сыл аннараа еттугэр «остуол аннынан» суурэкэлии сылдьыбыт о5олор. Эттэрэ – хааннара сиппитэ ырааппыт, ыарахан улэ диэн ча5ыйан турбакка кер-кулуу, кулэ - оонньуу балай да элбэх мууhу начаас икки ардыгар ыллылар. Ол кэннэ сэтинньи 22 кунугэр убайдарбытыттан биhи да хаалсыбаппыт диэбиттии Эбээх орто оскуолатын 11 кылааhын уерэнээччилэрэ а5а баhылыктара Н.Н. Гуляев салайааччылаах эбии муус ылан а5а саастаахтарбыт уеруулэрин уксэттилэр. Махталбын тиэрдиэхпин ба5арабын тимир келелеех биhигини тиэйбит, бензин топливо наада диэн этэн кербетех уолаттарбытыгар, Жирков Викторга уонна Богатырев Василийга. Туспа махталбытын этиэхпитин ба5арабыт бу ылбыт мууспутун тиэйиигэ сурун оруолу ылбыт бэйэлэрин техникаларын туран биэрбит Василий Стручков дьиэ кэргэнигэр.Чорботон эттэххэ кинилэр уолларыгар, тимир келену (тракторы) айааhаабыт, техника5а кыра эрдэ5иттэн сыста улааппыт Илья5а. Тумуккэ: эдэр ыччат мэлдьи маннык биир киhи курдук саналыы (аныгылыы) ейдеех – санаалаах, ханнык да куhа5ан дьаллыкка ылларбакка улэ5э – хамнаска, спортка, культурнай мероприятияларга кехтеехтук кытыннахпытына, бэйэбит Эбээхпит аата ааттаныа, олохпут тупсуо дии саныыбын.
Ыччат лидера С.Н. Тырылгин
|