Бэ5эhээ кулун тутар 6 кунугэр поляк суруйааччы, переводчик, гид Михал Кседжик (michal ksiazek) кытары, поляк политсыылынай "Якуты" монография, "Колымский рассказы", "На краю лесов" уонна да угус улэлэр автордара В.Л. Серошевскай 1884-85 сс. олорбут II Ханалас нэhилиэгин "Дьуонсэ" учаастагар "Илин таала5а" буранынан (3 буран) 7 о5о Гуляев Егор 9 кл (буран водителя), Аргунов Айсен 9 кл., Оконешников Альберт 9 кл., Жирков Михаил 10 кл, Постникова Ираида 11 кл., Слепцова Людмила 11 кл., Слепцов Альберт 11 кл. ону тэнэ нэhилиэк олохтоо5о Гуляев Гаврил Алексеевич, "Аргыс-2" салайааччыта Гуляев Н.Н. састааптаах исследовательскай сыаллаах десант оноhулунна. Нэhилиэккэ аан бастаан "Школа Грамоты" аhыллыбыт сиригэр-уотугар тиийии о5олорго да улахан да дьонно долгутуулаах эбит. Ону тэнэ 1884 сыллаахха бу сиринэн В.Л. Серошевскай сылдьыбыта, "На краю лесов" улэтин суруйбут сирэ"Тыа са5ата" бу костон тутара, ону учугэйдик уорэтэн уйэтин онуоха анаабыт учуонай кэпсиирэ кырдьык ол кэм тыынын хайдах эрэ биэрэргэ дылы гыммыта. Танара дьиэтэ турбут сиригэр, уорэх кыыма аhыллыбыт , Г.Г. Колесов халыма маннайгы учуонайа, Халяма маннайгы уорэ5ин сэбиэдиссэйэ Слепцов Д.С. уорэммит Илин Таалатыгар аал уот оттунан, уот иччитин саха киhитин сиэринэн аhатан уут-суогэй кутан, хаартыска5а Дьуонсэ кыhынны костуутун туhэрэн бэркэ астынан дуоhуйан кэллибит. Ордук биhигиннээ5эр ыалдьыппыт тоhо да тоннор олох хараабакка кэпсээн, долгуйан бэркэ астынан биhиэхэ махтала улахан. Сарсын "Ар5аа Андылаахха" Серошевскай В.Л. бастаан тохтообут сиригэр Слепцов Аполлоннаахха олорбут сиригэр барыахпыт..
|