Кэрэтиэн
Эбээ5им айыл5ата! Кини салгына, тыата, хас биирдии ото-маhа барыта кундуттэн
кунду.
Айыл5а абыланар умсугутар
туристическо-краеведческай этэрээт Аргыс-2 алтынньы 17 кунугэр
Эбээх-Боспутаал-Эбээх маршрутунан сылдьан кэллибит. Ол курдук 9 кылаастан:
Эльдар, Кеша, Алик, Дима, Ираида, 10 кылаастан: Дима, Гоша, Петя, Коля, Эьвира,
Настя, Оксана, Варя, 11 кылаастан: Дима, Лия уонна салайааччыбыт Николай
Николаевич буолан уhуйээннэ
номоххо кэпсэммит Уулаах куолугэр бара сырыттыбыт. Уопсайа тиийиэхтээх
сирбитигэр диэри 3 чаас курдук хааммыппыт. Дьиэ5э тиийэн оhох оттунан, аhаан-сиэн, сынньанан баран, салгыы
вышка5а онтон Уулаахха барбыппыт. Собулуу корбут тугэннэрбитин, айыл5а дьикти
костуулэрин хаартыска5а туhэрэн
уйэтиппиппит. Сибиэhэй
салгынна футболлаан, хаарынан оонньоон,
суурэ-кото, кулэ-уорэ сылдьан киэhээ буолбутун билбэккэ да хаалбыппыт.
Сана Аргыс2-5а сурэхтэммит о5олор, бу бачча
ыраа5ы сатыы хааман, туох баар малларын сугэн айаны тулуйбуттарыттан мин олус
уорэбин. Ол аата этэрээппит быстыбат ситимин салгыыр кэнчээри ыччаттаах=))
Лилия |