Сайа5ас учуутал барахсан, Саргылаах билиини биэрэ5ин Сандаарар са5а5ы арыйан Сулустаах суолбутун тэлэ5ин.
1973 сыллаахха Бүлүү куорат педагогическай училищетын бүтэрбит ыллам ырыа аргыстаах, хомо5ой хоhоон до5ордоох алын сүһүөх учууталын Мусяны Мэңэ Хаңалас улууhугар Таба5а орто оскуолатыгар пионер баhаатайынан аныыллар. Биир сылынан Марфа Иннокентьевна күөх окко түһэн биһигэ ыйаммыт Төхтүрүгэр төннөн кэлэн детсад воспитателинэн түөрт сыл үлэлиир. 1978 сыллаахха дьыл5а хаан ыйаа5ынан, хоту сир тардыытынан халың хаардаах элбэх күөллээх Эбээх бөһүөлэгэр ананан продленнай группа воспитателинэн педагогическай үлэтин салгыыр. Ити кэннэ 1979 сылтан алын сүһүөх кылааһын учууталынан, кэрэ аңардарга технология-труд учууталынан 2010 сылга диэри тиhигин быспакка үлэлээн кэллэ. Yлэтин иc cүрэ5иттэн cөбүлүүр учуутал 1995 сылтан «Эбээхчээнэ Куо» мода студиятын тэрийэн, нэhилиэк биhирэбилин ылла, үгүс элбэх кыыс о5о кэлин олоххо туhанар сатабылын «Сатабыл» технология нөңүө иңэрдэ, уhуйда. Айыл5аттан талааннаах үңкүүһүт, ырыаhыт, хоhоонньут уостан түcпэт ырыалары айда. Бэйэтин идэтигэр 13 кэрэ аңаары анал үөрэхтээх оңорон таһаарда.
Кунду Марфа Иннокентьевна!! "Учитель ученических признаний" урдук аатын сукпуккунэн ис сурэхтэн э5эрдэлиибит!!
|