Кыhаллар- мүhэллэр түгэммэр Көмө5үн күндүтүк санааммын, Учуутал-атаспар-мин кэрэ киhибэр Абырал алгыспын аныыбын. Мэңэ Хаңалас Маатта бөhүөлэгиттэн төрүттээх эдэркээн Зоя кыысчаан, учуутал идэтинэн умсугуйан, 1969 сыллаахха Бүлүүтээ5и педагогическай училище5а үөрэнэ киирбитэ. Бу мантан куорсун анньынан Сивцева Зоя Дмитриевна 1972 сыллаахха Орто Халыма улууhугар ананан, сөбүлээн ылбыт идэтигэр, алын сүhүөх кылааhын учууталынан үлэтин са5алаабыта. Yлэтигэр дьаныардаах, үрдүк эппиэтинэстээх, ыарахантан ча5ыйбат, о5о5о дириң билиини иңэрэр учуутал дьон махталын ылбыта. О5о иитиитин кыһатыгар анаабыт 25 сылын устата, элбэх о5о5о кэхтибэт кэскили түстээтэ5э, үтүөкэн санааны кынаттаата5а. Сыралаах үлэтэ ситиhии аргыстанан . элбэх о5о кини суолунан учуутал алыптаах идэтин талла5а.
Кунду Зоя Дмитриевна "Учитель ученических признаний" урдук аатын сукпуккунэн ис сурэхтэн э5эрдэлиибит!! |