Поэзия кууhэ – сурэх муудараhа. Слепцова Анджелика 10 кыл. Саха киhитэ ураты поэтическай өйдөө5үн-санаалаа5ын, уус-ураннык айар - хоҺуйар дьо5урдаа5ын бэрт былыргыттан бэлиэтии, сө5ө көрбүттэрэ. Ол да иҺин саха литературата күүстээх поэзиянан са5аламмыта, сайдыбыта. «Дьиӊнээх поэзия – өрүү дууhа музыката, сүрэх ырыата», «Поэзия – киhи саныыр санаатын үрдүк чыпчаала, киhи өйүн өрөгөйө, » – диэбитэ Семен Петрович Данилов. Онон поэзия, чахчыта да, «сүрэх муудараhа» буолан, иэйиини кытта санаа тэӊинэн кыттыhан айымньыны үөскэтэллэр. Хоhоон дьикти уобарастарына толкуйдуур, бэрт тэттик форма5а санааны этэр кыахтаах. Биир кыра хоhоон бэйэтэ туспа кэпсээн, роман буолуон сөп. Ол эрээри, ХХ үйэ5э сэбиэскэй былаас кытаанах хааччахтара литература кутун көтүппүтэ, дууhатын хаайбыта. Поэзия ыарахан «ыарыыга» ылларбыта, быhымах, кылгас тыыннаммыта, дьиӊ иэйиитин кистээбитэ, аа5ааччытын сүтэрбитэ. Саӊа кэмӊэ саха поэзиятын иккис тыынын ылыытыгар хоhоонньут кыргыттар туох да мунаа5а суох улахан оруолу оонньообуттара. Кинилэр иэйиилээх, истиӊ хоhоонноро үгүс поэттары күөртээбиттэрэ, аа5ааччыны абылаабыттара. Поэзия – литература тыына. Урукку өттүгэр онноо5ор аӊардас поэзияны, хоhоонунан суруллубут айымньыны эрэ билинэр этилэр. Дьахтар дууhата уйаӊын, нарынын, чарааhын бэлиэтээтэллэр да5аны, искусство көрүӊнэрин – холобур, музыканы, живопиhы, поэзияны эр дьон аӊардастыы баhылаабыттара. Ол да буоллар тапталы - иэйиини, ырыаны-хоhоону туох бобуой, саба тутуой?! Саха дьахталлара бэйэлэрин да умнуохтарыгар диэри умайан туран таптыыр кыахтаах, олох былыргыттан бэйэлэрин иэйиилэрин уус-уран тыл көмөтүнэн этэр-туойар дьо5урдаах эбиттэр. Ол туhунан Н.Габышев «200 сыллаах саха поэтессата» (1982) диэн ыстатыйатыгар сө5өн-махтайан этэн турар. Саха дьахтара күүстээх иэйиитин аhа5астык этэр дьо5ура норуот ырыаларыгар, туойсууларга үгүстүк көстөр эбит… Саха литературатыгар дьахтар поэзията ордук кэнники кэмҥэ 90-с сыллартан киэӊ араӊа5а та5ыста. Бэйэтин ураты тус уйул5алаа5ынан, иэйиитинэн, лирическэй, философскай хабааннаа5ынан аа5ааччыны кутун сүрүн тутта. Биирдиилээн поэтессалар хоhоонноро туспа кинигэ буолан тахсан киэӊ эйгэ5э биhирэннэ. Ол гынан баран, бу саха дьахталларын поэзияларын анаарыы, ырытыы а5ыйах. Биирдиилээн поэтессалар хоhооннорун, кинигэлэрин, айар үлэлэрин ырыппыттара Б.Н. Попов, Д.Е. Васильева, В.Т. Сивцев, В.А. Кондаков, В.Б. Окорокова, уо.д.а. Орто Халыма Байды нэhилиэгиттэн төрүттээх П. Еремеев, киин улуустан сылдьар Гуннара Потапова саха салаатын бүтэрэллэригэр дипломнай үлэлэригэр «Варвара Потапова поэзиятын уратытын» сырдаппыттара. Кэлиӊӊи кэмӊэ поэт дьахталлар ураты лирическэй, өтө көрүүлээх хоhооннорун чинчийэн, анааран «дьахтар хара5ынан» В.Б. Окорокова хас да үлэни таҺаарбыта. 2002 сыллаахха Дьокуускай куоракка «Бичик» кинигэ кыhатыгар тахсыбыт «Этигэн сүрэх айманар тойуга» диэн кинигэтигэр саха дьахталларын поэзиятын тус олохторун кытта ситимнээн ырыппыта. Халыматтан төрүттээх, саӊа аат быhыытынан, хоhоон эйгэтигэр киирбит Анна Винокурова айар үлэтин ырытыыга, дьахтар поэзиятын уйул5атын хамсааhынын кытта бөлүhүөктүүр кистэлэӊ тус санаатын, иэйиитин айыл5а көстүүлэригэр дьүөрэлээн, анааран көрүүгэ холоммутум. Хоhоону ырытыы биир сурун уратытынан поэт этэр санаатын ханнык уобарастары, уус-уран ньымалары туттан хоhуйарын туhунан кэпсэтиhии ыытыллыыта буолар. О5о тыл кэрэтин, этигэнин, кууhун ойдооhунэ, со5уутэ, тыл ураныгар умсугуйуута ол тумугэр уоскуохтээх. Айар дьонно утуо уйэ кэлэн, кыргыттар ыарыалара – хоhоонноро ордук конул коччуйэр, тойуктара дуорааннаах, араас айар ньымалара тардыhаллар. Тумукпэр этиэхпин ба5арабын, бу биhиги хоту сиртэн торуттээх о5олор, бэйэбит хоту сиртэн торуттээх, бэйиэттэрбитин умнубакка, хас биирдии ааптардар уйул5аларыттан тахсан айыллар илбистээх, хомо5ой хоhооннорун, ылба5ай ырыаларын киэн эйгэ5э сырдатыахха! Слепцова Анджелика, 10 кл. |