Махтал эйиэхэ-учуутал!»
Учуутал – о5о5о иккис ийэтэ, до5оро, киэн туттар киhитэ, идеала. Учуутал бэйэтин о5олорун таhынан, аатын дьон о5отун үөрэтэн, көрөн-истэн, иитэн таhааран, бэйэтэ төрөппүт о5отун кэриэтэ буолар. Кини биhиги туспутугар кыhаллар, долгуйар, биhиги куhа5аны оңоhуннахпытына хомойор, биhигиттэн хоргуйар, кылгастык эттэххэ, учуутал, уорэтэр о5олорун куруук сурэ5игэр илдьэ сылдьар. Учууталлар элбэхтэр, кинилэр бары араастар. Ким сымна5ас санаалаах ким кытаанах, ол да буоллар учууталлар бары о5олору таптыыллар, уонна мин санаабар, о5ону таптаабат киhи, оннук киhи баар да буолла5ына, сатаан учуутал буолбат. Төhө да кини өйдөөх, элбэх на5араадалаах да буоллар. Биhиги оскуолабытыгар элбэх араас учууталлардаахпыт. О5о бары аатын, араас предмет учууталларын сөбүлүүр. Ол курдук, мин сөбүлүүр учууталым Гуляев Николай Николаевич. Кини КНРС(Я), информатика уруогун ыытар, туристическай – краеведческай этэрээт «Аргыс - 2» салайааччыта. Хомуска о5олору үөрэтэр. 2004 с. «Учитель года» диэн улуустаа5ы куонкуруска бастаабыта, Республикатаа5ы "Учитель года-2004" куонкуруска Нина Расторгуева Гранынан ылбыта. Николай Николаевич наhаа өйдөөх, о5олору таптыыр, үтүө майгылаах киhи. Кини кыыллартан аты, сылгыны сөбулуур, куттаммакка эдэр сүөhүну айааhыыр. Убаастабыллах Николай Николевиhы уонна учууталларбытын профессиональнай бырааhынньыккытынан итиитик истиңник э5эрдэлиибит! Куруук эдэр, үөрэ – көтө, ыалдьыбакка, кырдьыбакка сылдьаргытыгар ба5арабыт уонна улахан махталбытын тиэрдэбит.
|