Бугун, ол эбэтэр бала5ан ыйын 15 кунугэр Эбээх боhуолэгэр "Кросс Наций-2012" диэн куhунну сууруу ыытылынна. Онно кыра саастаах МБДОУ "Ласточка" о5о саадын иитиллээччилэриттэн са5алаан, оскуола о5олоро, эдэр ыччат, орто саастаах уонна ытык кырдьа5астарбыт кыттыыны ыллылар. Мероприятия ырыа -тойук до5уhуоллаах, олохтоох администрация кэс тыллаах, э5эрдэ нуомэрдэрдээх тэрээhиннээхтик са5аламмыта. Торжественнай чаас кэнниттэн, олохтоох Уйбаан Уйбаанабыс Слепцов -Учуунускай аатынан культурнай киин иннитэн са5алаан, аэропорт площадкатыгар диэри кросс дистанцията быhыллан эдэрдиин кырдьа5астыын туhунэн кэбиспиттэрэ."Кросс Наций-2012" тумугунэн: МБДОУ "Ласточка" подготовительнай группатыгар уолаттарга бастакы миэстэни ылла Винокуров Леня, кыргыттартан Слепцова Лиза, старшай группа5а уолаттарга Гуляев Айтал, кыргыттарга Слепцова Сардана бастаатылар, среднэй группа5а уолаттарга Слепцов Матвей, кыргыттарга Оконешникова Дина биэтэккэ бастакы кэлэн уоруу-котуу орогойун биллилэр. МБОУ "Эбяхская СОШ" уорэнээччилэриттэн алын суhуох кылаастарга кыргыттарга Богатырева Дана 2 кылаас, уолаттарга Васильев Эрчим 1 кылаас иннилэрин кимиэхэ да биэрбэтилэр, орто суhуох кылаастарга уолаттарга Слепцов Вадим 8 кылаас, кыргыттарга Гуляева Вика 8 кылаас бастакы миэстэ5э та5ыстылар. Улахан суhуох кылаастарга уолаттарга Слепцов Дима 11 кылаас кимиэхэ да иннин биэрбэтэ, кыргыттартан кини балта Слепцова Роксана 9 кылаас бастаата. Маны тэнэ бу кросска кыттыбыт эдэр ыччакка эр дьонно Македонов Александр Прокопьевич, оттон дьахталларга кини кэргэнэ Розалия Македонова Дмитриевна бастаатылар. Орто саастаах (36-49) эр дьонно Гуляев Николай Николаевич, дьахталларга Винокурова Татьяна Алексеевна кыайыы орогойун биллилэр. 50 саастан уоhэ саастаах эр дьонно Слепцов Дмитрий Дмитриевич, дьахталларга Постникова Акулина Николаевна бастакы миэстэни ыллылар. Ытык кырдьа5астарга Васильева Екатерина Николаевна бастакы кэлэн анал бирииhинэн на5араадаланна. "КРОСС НАЦИЙ" бутээтин кытта угэс буолбут эстафета ыытылынна. Оскуола о5олоругар ус болоххо арахсан: 1-4 кылаастар, 5-8 кылаастар, 9-11 кылаастар командаларын иhинэн .Команда5а 3 кыыс, ус уол.Ону тэнэ тэрилтэлэринэн ( ус эр киhи, ус дьахтар) эдэр ыччат, оскуола коллектива, участковай балыыhа+ДЭС, кыра тэрилтэлэр+администрация. Эстафета тумугунэн алын суhуох кылаастарга I миэстэ 2 кылаас, II миэстэ 3 кылаас, III миэстэ 1 кылаас, орто суhуох кылаастарга I миэстэ 8 кылаас, II миэстэ 7 кылаас, III миэстэ 5 кылаас, улахан суhуох кылаастарга I миэстэ 11 кылаас, II миэстэ 9 кылаас, III миэстэ 10 кылаас та5ыстылар. Тэрилтэлэр истэринэн эстафета5а I миэстэ эдэр ыччат, II миэстэ оскуола, III миэстэ - участковай балыыhа+ДЭС коллективтара тахсан уорэн-котон курэхтэhиини тумуктээтилэр. Бука бары "КРОСС НАЦИЙ-2012" курэххэ кыттыбыт о5олору уорэнээччилэри, нэhилиэк олохтоохторун бэйэ доруобуйатыгар кыайыыларынан, спортка ситиhиилэринэн итиитик истинник э5эрдэлиибит. Ба5арабыт куруук маннык олоххо активнай позициялаах, нэhилиэк туhугар ыалдьар, нэhилиэккэ ыытыллар мероприятиялары котуппэккэ кыттар буоларгытыгар. Бу нэдиэлэ5э о.э. бала5ан ыйын 17-22 куннэригэр Эбээх орто оскуолатын иhинэн физкультура нэдиэлэтэ ыытыллар. Бары уорэнээччилэри бу предметнэй нэдиэлэ5э актыыбынайдык кыттаргытыгар ынырабыт. |