"Комус куhун" курэ5ин тумуктэрэ.
Бала5ан ыйын 23 кунугэр угэс буолбут сыл аайы ыытыллар "Комус куhун" диэн кылааhынан курэхтэhии буолла. Онно оскуола барыта, 1-11 кылааска диэри кытыннылар. Конкурс 5 туhумэххэ араарыллан ыытылынна. 1. Комус куhун королевата (королева5а корона, ожерелье, браслет, ытар5а оноруу) 2. Yгэс буолбут куhунну панно. 3. Сыл аайы ыытыллар фотослайд (ролик) курэ5э. 4. "Чудо-юдо из огорода" о5оруоппут дьикти уунээйилэрин выставка-курэ5э. 5. Айыл5а дьикти костуулэрэ. 6. кылааhынан коллективнай музыкальнай нуомэр. Конкурс дьууллуур субэтин састааба: 1. Нэhилиэк ветераннарын сэбиэтин председателэ, нэhилиэк биллэр о5уруотчут маастара Гуляева Ульяна Константиновна 2. РФ уонна СР утуолээх учуутала, СР уорэ5ириитин бочуоттаах улэhитэ, СР уорэ5ириитин бочуоттаах ветерана, Орто Халма уонна II Ханалас бочуоттаах гражданина Ефимов Василий Иванович. 3. Арктическай государственнай культура колледжын 2 куурсун устудьуона Cеменова Алена Андреевна. "Комус куhун" музыкальнай нуомэрдэртэн са5аламмыта. Нуомэрдэри сэргэ о5олор бэйэлэрин илиилэринэн онорбут кыраhыабайтан-кыраhыабай панноларын дьууллуур субэ5э уонна корооччулэргэ кордорон, туохтан онорбуттарын, улэ тематын толордо арыйан. кэпсээн, дьууллуур субэ иннигэр комускээн испиттэрэ. "Чудо-юдо изогорода" уонна "айыл5а дьикти костуулэрэ" диэн куонкуруска араас быhыылаах-таhаалаах, араас онноох дьиктитик ууммутоттору-мастары булан корооччулэр, дьууллуур субэ сыанабылыгар таhаардылар. "Мин сайыны хайдах атаардым" диэн фотослайд (ролик) курэ5эр о5олор сайын устата ханна сылдьыбыттарын, тугунан дьарыктаммыттарын, сайыны тоhо туhалаахтык атаарбыттарын сиhилии кордорон корооччулэри бэркэ астыннардылар Саамай долгутуулаах уонна куутуулээх тугэнинэн "Комус куhун" корлеватын быhаарыы тугэнэ буолбута. Курэх аата курэх, син биир тумуктээх биир быhаарыылаах буолар. ол курдук алын суhуох кылаастарга Слепцова сайыына 2 кылаас, ортоку суhуох кылаастарга Оконешникова Влада 6 кылаас, улахан суhуох кылаастарга Слепцова Анджелика 9 кылаас королева урдук аатын суктулэр. "Комус куhуну" атаарыыга кылаастар бары кохтоохтук кытыннылар. кыбыстыбакка -ча5ыйбакка сыанаттан туспэт артыыстар буоллулар, курэх тумугунэн кылаас барыта анал номинация ылан грамоталарынан уонна минньгэс шоколадынан, кэмпиэтинэн на5араадаланнылар. Ыалдьыттыы кэлбит дьон, тороппуттэр, учууталлар, о5олор дуоhуйа сынньанан куhуммутун атаардыбыт.
Никитина Варя. 8 кылаас. |