«Эдэр Ийэ - 2011» Мин хотугу ийэкээм Минньигэстэн эриэккэс Хаар нуурала сыттааххын Куол нуурала сыттааххын …
Хас киhиэхэ Ийэ уобараhа мунутуур истин сылаас иэйиинэн илгийэр. Сиэрдээх буолууну, аhыныгас, айыы санааланыыны, уhуну-киэни саныыр киэн кo5yстэниини yйэлэртэн yйэлэргэ илдьээччи – кини буолар. Ийэ тапталыттан yтyo, туhалаах дьыалалар, айыы санааны yyннэрэр, айар-тутар ситиhиилэр кyyс-уох ылаллар. Аан дойдуга Ийэ тапталыттан ордук ыраас, кэрэ, кундуттэн кунду диэн суох. Ол курдук сэтинньи 19 кунугэр кулуупка киэhэ 7 чаастан наhаа интириэ?инэй ыччат кo5yлээhининэн «Эдэр Ийэ - 2011» эдэр ыччат нэдиэлэтин тyмyктyyр куонкуруhа ыытылынна. Аата этэ сылдьарын курдук, бу манна 6 эдэр Ийэ кыттыыны ыллылар: Лена Макарова, Мария Сергучева, Розалия Македонова, Изольда Бережнова, Любовь Слепцова, Луиза Слепцова. Куонкурус сыалынан-соругунан буолар: эдэр дьиэ-кэргэн тус бэйэлэрэ сайдалларыгар усулуобуйа тэрийии, эдэр ийэни oйoohyн, дьиэ-кэргэн yгэhин yтyo oрyттэрин yйэтитии. Биэчэри иилээн-са5алаан олус сэргэхтик ыытта Елена Васильева. Куонкурус уопсайа 7 тyhyмэхтэн турар: бэйэни билиhиннэрии, талааны, астыыр дьо5урдарын кoрдoрyy, балаhыанньаттан тахсыы, копилка, хаhаайка, киэhээнни симэх. Ийэлэр бары да5аны ох курдук оностубуттар, сибэкки курдук симэммиттэр. Дьyyллyyр сyбэ таларыгар кырдьык ыарахан курдуга, бары наhаа диэн талааннаахтар, сыана5а бэйэлэрин тутталлара-хапталлара, билэллэрэ-кoрoллoрo. Тынааhыннаах киирсии кэнниттэн III миэстэ буолла - Слепцова Любовь «Миссис Интеллект», II миэстэ – Макарова Лена «Миссис Хозяюшка», Слепцова Луиза - «Миссис Творчество», Бережнова Изольда – «Миссис Точность», Македонова Розалия – «Миссис Талант» уонна «Эдэр Ийэ - 2011» yрдyк аатын сyктэ Сергучева Мария. Маннык куонкурус yгэскэ кубулуйан сылын аайы да буолбатар, хас эмит сыл буола-буола ыытыллара буоллар диэн ба5а санаабын этиэхпин ба5арабын. Куонкурус киhиэхэ наhаа элбэ5и биэрэр, киhи ис туругун арыйар улахан суолталаах. Сананы, элбэ5и истэ5ин, билэ5ин, кoрo5yн.
Анчик Созонова ХИФУ Саха салаатын 5-с кууруhун устудьуонката
|