Төрөөбүт дойдулаах буоламмын,
Дуоhуйа, астына тыынабын,
Түбүктээх оло5ум түмүгүн,
Барытын эйиэхэ аныыбын,
Эбээ5им — төрүт сир Эбээ5им!
Евдокия Даниловна Ефимова — Ай Куо.
Эбээ5им барахсан.
Эбээх бөhүөлэгэ Орто Халыма куоратыттан ыраах сытар. Сайынын, күhүнүн самолётунан, вертолётунан көтө5үн, онтон кыьынын, сааhын массыынанан эрэ сылдьа5ын.
Мин дойдум Иккис Хаӊалас нэhилиэгэ Эбээх бөhүөлэгэ. Элбэх до5оттордоохпун. Кинилэри кытта таhырдьа сайын биэликтии барааччыбыт. Бөhүөлэкпин олус таптыыбын, ыраас уутун, салгынын, айыл5атын уонна кэрэ сибэккилэрин. Өссө наhаа үчүгэй тыалаах, отонноро минньигэс да минньигэс, тыа сыта олус үчүгэй.
Эбээхпит кэрэ айыл5атын туhунан олохтоох суруйааччылар хомо5ой хоhооннору, ыллам ырыалары суруйбуттара. Биhиги бөhүөлэкпит атын бөhүөлэктэртэн ордук ураты көстүүлээх. Сана дьиэлэрбит тутуулара олус кыраhыабай. Ол курдук биhиги Эбээхпит ортотугар ып-ыраас сиэн уута уста сытар. Элбэх күөллэрдээх. Ол иhин мин бөhүөлэкпинэн киэн туттабын, таптыыбын.
Орто Халыма улууhун Эбээх орто оскуолатын 4 кылаас үөрэнээччитэ, Гуляева Алёна.
|