Главная » 2012 » Октябрь » 16 » Черчение, технология нэдиэлэтэ
21:30 Черчение, технология нэдиэлэтэ |
Алтынньы 8-12 куннэригэр эбэтэр ааспыт нэдиэлэ5э Эбээх орто оскуолатыгар черчение, технология нэдиэлэтэ буолан ааста. Ол нэдиэлэни Бубякина Екатерина Егоровна технология учуутала уонна Бубякин Алексей Константинович черчение, труд учууталлара иилээн-са5алаан ыыттылар. Онно элбэх куонкурус, аhа5ас уруоктары тэрийдилэр. Онтон бээтинсэ5э «Храбрый портняжка» диэн черчение, технология нэдиэлэтин тумуктуур курэх буолан ааста. Онно 22 о5о 2 хамаанда5а арахсан оонньоотулар. Кыыс былаачыйатын ойуулаатылар, кумаа5ы хаар кырыйдылар, ос хоьооннору ситэрдилэр уонна утулук ойуутун бэлэм киэбинэн онорон, кырыйан, массыынаннан тиктилэр. Бу куонкурус тумугэр «Adidas» хамаанда 1 «Муравьи» хамаанда 2 миэстэ буоллулар. Ол же кэмнэ быыстапка буолла. О5олор бэйэлэрин улэлэрин а5алан урдук сыанабылга таьаардылар. Кыайыылаахтары барыларын грамотанан уонна бириистэринэн на5араадаланнылар. |
Просмотров: 443 |
Добавил: баайа
| Рейтинг: 0.0/0 |
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи. [ Регистрация | Вход ]
|