Yнурүүн, бэ5эhээ алтынньы 6-7 күннэригэр Эбээх – Сылгы Ыытар – Эбээх (20 км+20км=40 км.) маршрутунан Гуляев Н.Н. салайааччылаах «Аргыс» – 2 краеведческай-туристическай этэрээт 20 о5ото буолан баран кэллибит. Күнүс 3 чаастан Эбээх орто оскуолатын прощадкатыгар бары мунньустан тахсыбыппыт. Уhуннук хааман киэhээ халлаан хараңарыыта дьиэбитигэр дьэ тиийбиппит. Киирэн чээйдээн, сылаабытын таhааран баран халлаан букатын хараңарбытын кэнниттэн уруйэ5э баран сордоңнообуппут. Ол кэнниттэн сылайан, дьиэ итиитигэр утуктаан баран утуйан хаалбыппыт. Бары учугэй ба5айытык утуйан туран куос куостэнэн сыhыы минньигэс куоhун иьэн, тото-хана аhаан баран тоннор суолга кунус 1 чааска тахсыбыппыт.
|