Быйыл биhиги нэhилиэкпит 85 сылыгар, до5ордоhуу уонна сомо5олоhуу, Сахабыт сиригэр Уорэхтээhин Министерствота тэриллибитэ 90 сылыгар, Саха сирэ Россия Государствотын састаабыгар киирбитэ 380 сылыгар аналлаах сэтинньи 26 кунугэр алын кылаас уорэнээччилэрэ, тороппуттэрэ уонна учууталлара кулуупка э5эрдэ концерт толордубут. Сыала-соруга: - О5о дьо5урун сайыннарыы. - Саха норуотун угэстэрин билиигэ, уорэтиигэ ко5улээhин. - Обугэлэрбит тылынан уус-уран айымньыларын уйэтитии, тар5атыы. - Атын омукка убаастабыллаах сыhыаны иитии. Оскуола урдунэн алын суhуоххэ барыта 10 уорэнээччи уорэнэр, 3 уол уонна 7 кыыс. Ол курдук маннайгы кылаас уолан уолаттара ункуулээтилэр, сценкаларга оонньоотулар, учууталларын М.А.Винокурова кытта ыллаан иhитиннэрдилэр. . Быйыл о5о спордугар бэлиэ сыл. «Россия — спортивнай держава» норуоттар икки ардыларынаа5ы форум чэрчитинэн «Азия о5олоро 5 спортивнай оонньуулар» биhиги Сахабыт сиригэр ыытыллан спорт, ил — эйэ, дохуобунас биир ситимнээ5ин кордордубут. Онно анаан инникигэ эрэллээх спортсменнарбыт уолаттар уонна иккис кылаас кыргыттара гимнастикалаан талааннаахтарын кордордулэр. Онтон кыталык курдук кыргыттарбыт араас ырыалары ыллаан, сценкалары , нууччалыы частушканы толорон, ийэлэрин кытта тэннэ ункуулээн кордорон сурдээ5ин сэнээртилэр. «Туундара туллук» куонкурус кыттыылаахтара иккис кылаас кыргыттара Е.Д.Ефимова салайааччылаах «Кыталыктар кырдаллара» фольклору толорон сохтордулэр. Бары тороппуттэр уонна кылаас салайааччытын аатыттан истинник ис дууhаттан махтанабыт уонна салгыы сайыннаран, диринэтэн иhиэ5э диэн эрэнэбит. Бары уорэнээччилэр араас омук танаhын таннан, ункуулэрин ункуулээн холоннулар. Бэйэтин айбыт «Кулунчук» диэн хоhоонун Саина Слепцова аахта, онтон «Туундара туллук» куонкурус икки тогуллээх лауреата Катя Третьякова ункуутунэн, ырыатынан концерпытын эбии киэргэттэ. Тороппуттэрбит бары эдэр буоланнар о5олорун туhугар кыhаллан, суурэн — котон комолостулэр. «Уран тарбах талаан» - тороппут Екатерина Алексеевна Богатырёва бары Ийэлэри ааспыт бырааhынньыгынан э5эрдэлээн бэйэтин тикпит араас танастарын аймахтара кэтэн кордордулэр. Биhиги тороппуттэрбитигэр улахан махталбытын тиэрдэбит, оссо да комолоhуохтэрэ диэн эрэнэбит. Тоhо да а5ыйах буолларбыт бары талааннаахтарын кордордулэр, корооччулэр ытыс таhынан, толорооччуларга куус — уох эбэннэр, онуоха кынаттанан концерпыт урдук таhымна барда, корооччулэр бары сэргээн уорэн — котон тар5астылар. Норуотттар до5ордуу эрэ буоллахтарына, олохпут тупсар уонна киэркэйэр. Ол иhин сомо5олоhууга улахан бол5омтону ууруллуохтаах. Итиннэ оло5уран биhиги оскуолабытыгар маннык тэрээhиннэри онороллоро наhаа кэрэхсэбиллээх.
Надежда Христофоровна Семёнова, Эбээх орто оскуолатын алын кылааhын учуутала, алын суhуох учууталлар методическай холбоhуктарын салайааччыта.
|