Муус устар 1-3 куннэригэр 2-с региональнай "Колымский исследователь" диэн НПК буолан ааста. Биьи боьуолэкпититтэн оскуолабытын комускуу 5 о5о сырытта. Слевцов Альберт 11 кл. "Человек подобен вирусу" рук. Ощепкова Л.Ю., Ефимова Марта 10 кл. "Как составить бизнес план" рук. Васильева Е.А., Слепцова Анджелика "Тууллэр дьиктилээх абылыыр ыралар" рук. Ефимова Е.Д., Никитина Варвара 9 кл."По тропам В.Л.Серошевского" рук. М.Ксионжек, Гуляев Н.Н., Захарова Августина 7 кл. "Уьун суьуох" рук. Ощепкова Л.Ю. Бастакы куннэ о5олор бэйэлэрин улэлэрин истиэндэ онороннор комускээтилэр, субэ-ама ыллылар. Ол кэнниттэн кыттааччыларга аналлаах "Розовая чайка" цирковой студия представление онордулар. Иккис куннэ оголор бэйэлэрин улэлэрин бэйэлэрин секцияларыгар билиьиннэрдилэр, жюри улахан дьуулугэр киирдилэр. Онтон омуктуу "My First Projects in English" курэх буолла. Манна оголор бэйэлэрин докладтарын англискай тылынан билиьиннэрдилэр (хомойуох иьин биьиги оскуолабытыттан бу куонкуруска ким да кыттыбата5а). Уьус, бутэьик кунугэр НПК "Колымский исследователь" сабыллыыта буолла. Ол кун кыайыылаахтары, кыттааччылары эгэрдэлээтилэр. Хас биирдии кыттаааччы о5о5о уонна руководительга кыттыбытын туоьулуур сертификат туттардылар. Биьиги оскуолабытыттан кытта барбыт о5олор бары ситиьиилэх кэллилэр. Ол курдук, Анджелика уонна Августина лауреат 3-й степени, Марта 2-й степени буоллулар. Онтон Варя уонна Алик диплом лауреата ылан улахан кыайыылаах кэллилэр. Ол таьынан Варя эьиил тохсунньуга Дьокуускай куоракка ытыллар НПК "Шаг в будущее" курэххэ кытта барар буолла. Ол курдук улахан ситиьиилэнэн орто хамаандаларга Эбээх оскуолата кыайыытынан 2-с миэстэ буолла. Туох баар кыттааччылары, учууталлары, кыайыылаахтары э5эрдэлиибит. |