Бэ5эhээ баскыhыанньа кун 9-10 кылаас уорэнээччилэрэ "Эргэ Эбээх" ойо5оhугар сытар "Проказа колуйэтигэр" сатыы баран кэллилэр. Колуйэ боhуолэктэн саха коhун кыайбат сиргэ баар. Бу сатыы поход нэhилиэк историятын кытта билсиhии сыаллаах оноhулунна.
Бу колуйэ историята ааспыт уйэ бутэhигэр аран (проказа) ыарыытыгар ыалдьыбыт муннаахтар-сордоохтор ыар дьыл5аларын тумук сирдэригэр ананар. Ол кэмнэргэ ыалдьыбыт дьону ыраах туспа бала5анна таhааран олуохтэригэр диэри туспа олордоллор эбит. Астарын -уоллэрин ыраах хаалларан бараллар, ону кэлэн уhуннук ылбата5ына олбут диэн быhааран баран, анал киhи (киибэс) кэлэн комон унуо5ун харайара уhу. Ыарахан дьыл5а. Кэлин Халыма куоратыттан чугас лепрозорий тутуллан бу эрэйдээхтэри онно мунньан кими эмтээн корон истэн тыыннарын уhатар буолбуттар..
...
Читать дальше »